translation
translation |
---|
{
"ru": "ни за что не скажу",
"sah": "экчи этиэм суоҕа"
} |
{
"ru": "По итогам встречи направлены дополнительные силы и десантные группы на оперативную борьбу с лесными пожарами.",
"sah": "Көрсүһүү түмүгүнэн ойуур баһаардарын суһаллык умуруорууга эбии күүс, десантнай бөлөхтөр ыытылыннылар."
} |
{
"ru": "пуховое одеяло",
"sah": "түүлээх суорҕан"
} |
{
"ru": "Да не будет у тебя иного бога, и не поклоняйся богу чужеземному.",
"sah": "Суох буолуохтун эйиэхэ атын таҥара, сүгүрүйүмэ туора дойду таҥаратыгар."
} |
{
"ru": "ибо Он есть Бог наш, и мы - народ паствы Его и овцы руки Его.",
"sah": "Кини – биһиги Таҥарабыт, биһиги – Кини көрөр-истэр норуотунабыт, Кини маныыр бараанын үөрүнэбит."
} |
{
"ru": "на ложе своем замышляет беззаконие, становится на путь недобрый, не гнушается злом.",
"sah": "Оронугар сытан, буруйу оҥорору торумнуур; токур-туора суолга турунар, куһаҕантан кини туттуммат."
} |
{
"ru": "Это полезно для развития корня.",
"sah": "Бу силиһэ сайдарыгар туһалаах."
} |
{
"ru": "любезною ланью и прекрасною серною: груди ее да упоявают тебя во всякое время, любовью ее услаждайся постоянно.",
"sah": "Талыы табаҥ, кэрэ сернаҥ – кини түөһэ эйигин өрүүтүн дуоһутуохтун, кини таптала куруутун туймаардар буолуохтун."
} |
{
"ru": "прибежать",
"sah": "сүүрэн кэл"
} |
{
"ru": "Таким образом, динамика взаимоотношений обещает выйти на новый уровень.",
"sah": "Онон, хардарыта сыһыаннар дьайыылара саҥа таһымҥа тахсыыны эрэннэрэр."
} |
{
"ru": "круторогая корова",
"sah": "ханаҕар муостаах сүөһү"
} |
{
"ru": "организация юбилея",
"sah": "юбилей тэрээһинэ"
} |
{
"ru": "в течение трех суток",
"sah": "үс хонугу быһа"
} |
{
"ru": "В восьмой день пришли обрезать младенца и хотели назвать его, по имени отца его, Захариею.",
"sah": "Ахсыс күнүгэр кыра оҕоҕо быһыллыы сиэрин-туомун оҥоро кэлбит дьон уолу аҕатын аатынан Захария диэн ааттаары гыммыттарыгар"
} |
{
"ru": "рекордное достижение",
"sah": "рекорднай ситиһии"
} |
{
"ru": "я одобрил то, что ты сказал",
"sah": "мин эн эппиккин биһирээтим"
} |
{
"ru": "\"Во-первых, на разрешении украинского кризиса путем переговоров и немедленного созыва нашей межпарламентской группы\", - заявил Нарышкин.",
"sah": "\"Бастатан туран, кэпсэтии уонна биһиги парламеннар икки ардыларынааҕы бөлөхпүтүн бытаарбакка ыҥырыы суолунан Украина кириисиһин быһаарыы”."
} |
{
"ru": "Когда взираю я на небеса Твои - дело Твоих перстов, на луну и звезды, которые Ты поставил,",
"sah": "Эн уран тарбаҕыҥ оҥоһуктарын, халлааннаргын, анаардахпына, Эн оннун булларбыт ыйгын, сулустаргын одуулаатахпына, мин бэркиһии да саныыбын:"
} |
{
"ru": "раз не знаешь, не спорь",
"sah": "билбэт аата мөккүһүмэ"
} |
{
"ru": "Псалом.",
"sah": "Ырыа."
} |
{
"ru": "глубоко, шумно и тяжело вздыхать",
"sah": "өрө уһуутаа"
} |
{
"ru": "учебное пособие",
"sah": "үөрэнэр пособие"
} |
{
"ru": "лагерь социализма",
"sah": "социализм лааҕыра"
} |
{
"ru": "призри на меня и помилуй меня; даруй крепость Твою рабу Твоему, и спаси сына рабы Твоей;",
"sah": "Оо, хайыс миэхэ, миигин абыраа, кулуккар күүстэ-сэниэтэ салҕаа; кулут кыыһыҥ уолун быыһаан ыл."
} |
{
"ru": "где искушали Меня отцы ваши, испытывали Меня, и видели дело Мое.",
"sah": "Онно өбүгэлэргит Миигин үтэн-анньан көрөллөрө, бары дьайыыбын көрө сылдьан, Миигин тургуталлара."
} |
{
"ru": "театральное училище",
"sah": "театральнай училище"
} |
{
"ru": "Удерживай язык свой от зла и уста свои от коварных слов.",
"sah": "ол, куһаҕаны саҥарбаттыы, тылын кыана тутуннун, албыннык тыллаһартан туттуннун."
} |
{
"ru": "Кто знает силу гнева Твоего, и ярость Твою по мере страха Твоего?",
"sah": "Ким билэрий Эн уоруҥ-кылыныҥ уоҕун, ким өйдүүрүй Эн абаҥ-сатаҥ суоһун?"
} |
{
"ru": "работать небрежно",
"sah": "дьабахтаан үлэлээ"
} |
{
"ru": "Столько чудес сотворил Он пред ними, и они не веровали в Него,",
"sah": "Итиччэ элбэх дьиктини оҥорбутун үрдүнэн, кинилэр Иисуһу итэҕэйбэт этилэр."
} |
{
"ru": "посещу жезлом беззаконие их, и ударами - неправду их;",
"sah": "хара дьайыыларын иһин кинилэри тайаҕынан таһыйтыам, буруйдарын иһин оруосканан охсуталыам."
} |
{
"ru": "никто никогда такого не слышал",
"sah": "истээрэйин ону истибит суох"
} |
{
"ru": "осанна в вышних!",
"sah": "Осанна мэҥэ халлааҥҥа!»"
} |
{
"ru": "Господь восседал над потопом, и будет восседать Господь царем вовек.",
"sah": "Айыы Тойон уу мотуогун үрдүнэн бүрүстүөлгэ олорор, Айыы Тойон ыраахтааҕылыыр бүрүстүөлүгэр үйэттэн үйэлэр тухары олорор."
} |
{
"ru": "супонь",
"sah": "түөс быата"
} |
{
"ru": "Но, как бы от сна, воспрянул Господь, как бы исполин, побежденный вином,",
"sah": "Дьэ онуоха Айыы Тойон уутуттан уһуктардыы, уохтаах арыгыттан өрө көтөҕүллүбүт бухатыырдыы,"
} |
{
"ru": "он сказал только потому, что его спросили",
"sah": "киһи ыйыппытын аанньа эттэҕэ"
} |
{
"ru": "разделил море, и провел их чрез него, и поставил воды стеною;",
"sah": "Кини, муораны икки аҥыы хайытан, норуотун туораппыта, ууну эркиннии өрө туруорбута."
} |
{
"ru": "Ты обратил ко мне тыл врагов моих, и я истребляю ненавидящих меня:",
"sah": "Өстөөхтөрүм тыылларын миэхэ аһан биэрдиҥ, онон миигин абааһы көрөөччүлэри мин суох оҥордум."
} |
{
"ru": "Блажен народ, знающий трубный зов!",
"sah": "Дьоллоох даҕаны кыайыы өрөгөйүн билбит норуот!"
} |
{
"ru": "но отвечай глупому по глупости его, чтобы он не стал мудрецом в глазах своих.",
"sah": "Эн киниэхэ, халы мааргытык ыйыппытын өйдүүрүн курдук, хардар, инньэ гымматаххына, өйдөөхпүн дэниэҕэ."
} |
{
"ru": "упасть ничком",
"sah": "умса түс"
} |
{
"ru": "бездельник",
"sah": "көлдьүн киһи"
} |
{
"ru": "славянские языки",
"sah": "славянскай тыллар"
} |
{
"ru": "Ибо учил Своих учеников и говорил им, что Сын Человеческий предан будет в руки человеческие и убьют Его, и, по убиении, в третий день воскреснет.",
"sah": "Кини үөрэнээччилэрин үөрэтэ-өйдөтө – Киһи Уола дьон илиитигэр бэриллиэхтээҕин, Кинини өлөрүөхтээхтэрин, ол эрээри Кини өлөн баран үһүс күнүгэр тиллиэхтээҕин кэпсии – испитэ."
} |
{
"ru": "воздушный корабль",
"sah": "көтөр аал"
} |
{
"ru": "книга жалоб и предложений",
"sah": "үҥсүү этии кинигэтэ"
} |
{
"ru": "ломкая древесина",
"sah": "хабараан мас"
} |
{
"ru": "Они же, схватив его, били, и отослали ни с чем.",
"sah": "Үлэһиттэр чаҕары тутан ылан илдьи сынньыбыттар уонна туга да суох төттөрү ыыппыттар."
} |
{
"ru": "Возложи на Господа заботы твои, и Он поддержит тебя.",
"sah": "Кыһалҕаҕын Айыы Тойоҥҥо сүктэр – Кини эйигин өйүөҕэ."
} |
{
"ru": "но придут дни, когда отнимется у них жених, и тогда будут поститься в те дни.",
"sah": "Күтүөтү кинилэртэн былдьыыр күннэрэ кэлиэҕэ, дьэ оччоҕо ол күнтэн кинилэр поһу тутуһуохтара."
} |
{
"ru": "у него виски поседели",
"sah": "чанчыга аастыйбыт"
} |
{
"ru": "зябкий человек",
"sah": "үлүйүмтүө киһи"
} |
{
"ru": "мальчик подскочил к отцу",
"sah": "уол аҕатыгар ойон тиийдэ"
} |
{
"ru": "Ты постыдишь их, потому что Бог отверг их.",
"sah": "Кинилэртэн Таҥара аккаастанна, онон эн кинилэри саакка ыытыаҕыҥ."
} |
{
"ru": "Когда кипело сердце мое, и терзалась внутренность моя,",
"sah": "Мин сүрэҕим умайар-оргуйар, дууһам муунтуйар кэмигэр,"
} |
{
"ru": "кобыла сивой масти",
"sah": "көгөччөр дьүһүннээх биэ"
} |
{
"ru": "входи или уходи",
"sah": "киир эбэтэр табыс"
} |
{
"ru": "Уста мои изрекут хвалу Господню, и да благословляет всякая плоть святое имя Его во веки и веки.",
"sah": "Айыы Тойону мин айхаллыаҕым; тыынар тыыннаах барыта үйэттэн үйэҕэ Кини сибэтиэй аатыгар алгыс этиэҕэ."
} |
{
"ru": "личинки мухи",
"sah": "сахсырҕа сааҕа"
} |
{
"ru": "Господь крепость жизни моей: кого мне страшиться?",
"sah": "Айыы Тойон – халыҥ хаххам, суон дурдам; кимтэн мин дьулайыамый?"
} |
{
"ru": "\"Я снял с рамен его тяжести, и руки его освободились от корзин.",
"sah": "«Эн санныгыттан Мин ыар сүгэһэри түһэрбитим, Эн илиигин тымтайтан босхолообутум."
} |
{
"ru": "снежно-белый",
"sah": "хаар маҥан"
} |
{
"ru": "ибо им нет страданий до смерти их, и крепки силы их;",
"sah": "Кинилэр өлүөхтэригэр да диэри эрэйи билбэттэр, үскэл-ньүөл бэйэлээхтэр;"
} |
{
"ru": "затхлая атмосфера",
"sah": "тумнастыгас атмосфера"
} |
{
"ru": "Да боится Господа вся земля; да трепещут пред Ним все живущие во вселенной,",
"sah": "Сир үрдэ бүттүүнэ Айыы Тойонтон саллыахтын; аан дойду олохтооҕо барыта Кини иннигэр уҥуоҕа хамсыахтын."
} |
{
"ru": "Зачем нечестивый пренебрегает Бога, говоря в сердце своем: \"Ты не взыщешь\"?",
"sah": "Тоҕо нэгэйдэр Таҥараны билиммэттэрий, истэригэр Эйигин ирдэһиэ суоҕа дииллэрий?"
} |
{
"ru": "они выполнили план первой декады",
"sah": "маҥнайгы декадаларын былаанын толорбуттар"
} |
{
"ru": "Пойте Господу, святые Его, славьте память святыни Его,",
"sah": "Ыллааҥ Айыы Тойоҥҥо, итэҕэллээх дьоно, айхаллааҥ Кини сибэтиэй аатын."
} |
{
"ru": "И сказал я: \"вот мое горе - изменение десницы Всевышнего\".",
"sah": "Итиэннэ эппитим: «Мин аһыйарым-кутуйарым баар – Үрдүктэн Үрдүк аны уҥа илиитин биһиэхэ утары ууммат»."
} |
{
"ru": "в сумерки в вечер дня, в ночной темноте и во мраке.",
"sah": "Күн киирэн боруҥуй түһэн эрэрэ, им балай хараҥа түүн иэһийэн иһэрэ."
} |
{
"ru": "славься, наша великая Родина-мать",
"sah": "уруйдан, улуу Ийэ дойдубут!"
} |
{
"ru": "они были совсем недавно",
"sah": "соторутааҕыта аҕай бааллара"
} |
{
"ru": "сердце у меня екнуло",
"sah": "сүрэҕим бар гынна"
} |
{
"ru": "все слушавшие Его дивились разуму и ответам Его.",
"sah": "Истэн олорооччулар бука бары Кини өйүн, хайдах курдук хоруйдаһарын сөҕөллөрө."
} |
{
"ru": "ибо в один час погибло такое богатство!",
"sah": "Ол бэйэлээх баай барыта чаас иһигэр күдэҥҥэ көттөҕө!»"
} |
{
"ru": "жилище, обложенное снегом",
"sah": "хаарынан хайыллыбыт дьиэ"
} |
{
"ru": "закон нарушен",
"sah": "сокуон кэһилиннэ"
} |
{
"ru": "птиц небесных и рыб морских, все, преходящее морскими стезями.",
"sah": "халлаан көтөрүн, байҕал балыгын, муоранан суолланары барытын."
} |
{
"ru": "Ибо пред очами Твоими тысяча лет, как день вчерашний, когда он прошел, и как стража в ночи.",
"sah": "Эн халаан уутунуу, дьону сотон бараҕын; киһи түүл кэриэтэ, сарсыарда үүнэн тахсыбыт от кэриэтэ;"
} |
{
"ru": "обивка двери",
"sah": "аан бүрүөтэ"
} |
{
"ru": "странно так говорить",
"sah": "ити курдук тыллаһар олуона"
} |
{
"ru": "простые числа",
"sah": "боростуой чыыһылалар"
} |
{
"ru": "И когда выходил Он из Иерихона с учениками Своими и множеством народа, Вартимей, сын Тимеев, слепой сидел у дороги, прося милостыни.",
"sah": "Кини үөрэнээччилэрин уонна да атын элбэх дьону кытта Иерихонтан тахсан истэҕинэ, Тимей уола Вартимей, хараҕа суох умнаһыт, суол кытыытыгар олороро."
} |
{
"ru": "От Господа спасение праведникам, Он - защита их во время скорби;",
"sah": "Көнө-көрсүө дьону Айыы Тойон быыһыыр, күчүмэҕэй күннэригэр көмүскүүр;"
} |
{
"ru": "смелый",
"sah": "харса суох"
} |
{
"ru": "Остерегайтесь же людей: ибо они будут отдавать вас в судилища и в синагогах своих будут бить вас,",
"sah": "Дьонтон сэрэниҥ: кинилэр эһигини дьүүлгэ тардыахтара, синагогаларга кырбыахтара,"
} |
{
"ru": "Блажен человек, которого сила в Тебе и у которого в сердце стези направлены к Тебе.",
"sah": "Дьоллоохтор даҕаны – Эйигиттэн күүс-уох сомсооччулар, сүрэхтэрин ыллыктара Эйиэхэ салаллааччылар!"
} |
{
"ru": "до тебя дошло",
"sah": "оройдоотуҥ дуо"
} |
{
"ru": "он будет обладать от моря до моря и от реки до концов земли;",
"sah": "Кини саарыстыбата муораттан муораҕа тиийиэҕэ, Евфрат өрүстэн сир уһугар диэри тэнийиэҕэ."
} |
{
"ru": "не спорь с этим человеком, слушайся его",
"sah": "ити киһини кытта харсаах-таһыма"
} |
{
"ru": "временная власть",
"sah": "быстах былаас"
} |
{
"ru": "Ты, Боже, низведешь их в ров погибели; кровожадные и коварные не доживут и до половины дней своих.",
"sah": "Айыы Таҥара, Эн хара дьайдаахтары дириҥ ииҥҥэ түһэртиэҥ; хаанымсахтар, уодаһыннаахтар үйэлэрин аҥаарыгар да тиийиэхтэрэ суоҕа."
} |
{
"ru": "один из их прославленных шаманов, провидя, все предсказывает",
"sah": "ааттаах ойууннара көрүүлэнэн кэпсиир"
} |
{
"ru": "выскользнуть",
"sah": "ньылбы бар"
} |
{
"ru": "срочное поручение",
"sah": "ыксаллаах сорудах"
} |
{
"ru": "Хангаласцы заслуженно прославились прекрасным видом на место проведения Ысыаха",
"sah": "Хаҥаластар ыһыахтыыр сирдэрэ кэрэ көстүүлээҕинэн аатырыахтарын аатыраллар"
} |
{
"ru": "мощность мотора",
"sah": "мотуор кыамтата"
} |
{
"ru": "угрюмое холодное небо",
"sah": "хаҕыс халлаан"
} |
{
"ru": "работоспособный человек",
"sah": "үлэһит киһи"
} |
End of preview. Expand
in Dataset Viewer.
README.md exists but content is empty.
Use the Edit dataset card button to edit it.
- Downloads last month
- 66